Page 123 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 123

руорда,  түннүгүн  саппата,  таҥаһын  сыгынньахтаммата,  оро-
         нугар  тиэрэ  түһэн  сытта.  Байыаннай  оскуоланы  бүтэрэригэр
         Саха  сирин  военкоматыгар  сурук  ыыппытын  өйдөөтө…  Суру-
         гар  уонна  телеграмматыгар  хардарбатахтарыттан  хомойбута,
         абарбыта өйүгэр көтөн түстэ.
            Сарсыарда  туран,  аһаат,  этэрээт  штабыгар  кэллэ.  Михай-
         ловка  киирдэ.  Михайлов  тугу  эрэ  суруйа  олорор.  Кинини
         көрөөт, суруйа олорбут кумааҕытын киэр уурда.
            — А-а, табаарыс Владимиров, төһө үчүгэйдик сынньанныҥ?
            — Табаарыс Михайлов, манна тугу гына олоруохпунуй, зас-
         тавабар тахсыыһыбын.
            — Тоҕо тиэтэйэҕиний?.. Куоракка сынньана түспэккин дуо?..
         Ыраах айантан сылайбытыҥ чахчы, — дии-дии, Михайлов тур-
         да, хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталаата.
            — Туохтан  улаханнык  сылайдахпыный…  Анаммыт  сирбэр
         тиийиэхпин баҕарабын.
            — Оннук буоллаҕына, мин комендаҥҥар төлөпүөннүөм… Ат
         ыыттаран ылларыаҕа.
            — Мантан  соччо  ырааҕа  суох  курдук  этэллэр  ээ…  Баҕар,
         сатыы да тахсыа этим.
            — Сатыы?.. Син ыраах сир ээ… Мантан комендатураҕа диэ-
         ри  16  биэрэстэ,  онтон  Обручу  заставата  8  биэрэстэ  курдук
         буолуо.
            — 24  биэрэстэ,  ыраах  аатырыа  дуо?..  Оччолооҕу  хаамыл-
         лара.
            — Үчүгэй!..  Үс  хонуктааҕыта,  Обручу  заставатыттан  Котов
         пограничник  санчааска  эмкэ  киирбитэ…  Бэйи  эрэ,  мин  онно
         төлөпүөннэһиим эрэ, — Михайлов төлөпүөнү эрийэн куугунат-
         та.  —  Алло…  Миэхэ  санчааһы  холбооҥ!..  Да-да,  бу  санчаас
         дуо?.. Ким истэрий?.. Табаарыс доктор, этэрээттэн Михайлов
         саҥарабын… Эһиэхэ Обручу заставатыттан Котов пограничник
         киирбитэ дии? Да-да, кини хайдаҕый?.. Бүгүн таһаарабыт даа?
         Хас чааска таһаараҕытый?.. Икки кэнниттэн… Үчүгэй, кинини
         манна,  миэхэ  ыытаарыҥ…  Баһыыба,  табаарыс  Фаинберг!  —
         диэт,  төлөпүөн  туруупкатын  уурда.  —  Табаарыс  Владимиров,
         сирдьит көһүннэ… икки чааска манна миэхэ кэлээр.
            — Чымыдааммын илдьэ кэлэбин дуо?
            — Чымыдааҥҥын  туппутунан  барыаҥ  дуо?..  Кэбис,  сатам-
         мат!.. Манна аҕалаар, мин заставаҕа көлөнөн тиэртэриэм.
            — Истэбин, табаарыс начальник! — диэтэ Сэмэн, заставаҕа
         бүгүн барар буолбутуттан үөрэн.
            Төһө  да  эрдэтин  иһин,  Сэмэн  бэрт  тиэтэлинэн  гостини-

                                                                      123
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128