Page 156 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 156

АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

                   Баал  Хабырыыс  тылларыгар,  Виталий  Андросов  матыы­
                быгар  ырыалары  булан  истиҥ.  Ырыаны  истэ  олорон  хайдах
                хартыынаны көрөҕүтүй? Хоһоонно, ырыата айарга холонуҥ.



                    Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

                Мин саныахпар, Баал Хабырыыс — эрэкэ-дьэрэкэ тылынан үлүһүй-
             бэт, үрүт-үөһэ суксурунньа уобарастааһыҥҥа охтубат — хоһооно бү-
             түннүү, көһөҥө уобарас буоларын ситиһэ сатыыр дьулҕан наах бэ йиэт.
             Олоххо  чахчы  билбитигэр-көрбүтүгэр  тирэҕирэр  эрээри,  хоһуйуу,
             импровизация  таһымыгар  хаһан  да  түспэт,  философскай  түмүктээх
             хоһооннорго  тардыһара  дии  саныыбын.  Бу  өттүнэн  миэхэ  сүрдээх
             чугас, истиҥ.
                                 Өскүөрүттэн даҕаны
                                 Өһүргэниэҥ, ыксыаҥ.
                                 Үгүрүөҕэ дылы
                                 Үлтү түһэ сыһыаҥ.
                                 Оҕо сүрэх уолҕамдьы,
                                 Омун, уох үлүгэр.
                                 Арыт маннааҕар намчы
                                 Ырыаһыт сүрэҕэ!
                Бу  быыкаа  быһа  тардыыга  бэйиэт  ураты  интэнээссийэтэ,  мане-
             рата, норуот айымньытыгар сыһыана, өс хоһооннорун таба туһанара,
             сырдык юмора, мындыр бөлүһүөк буолара барыта баар.
                Баал Хабырыыс ырыаларын оҕо эрдэхпиттэн ыллаан улааппытым.
             Бэрт судургу тыллаах эрээри, иэйиилээх ырыаларын саха дьоно тап-
             таан  ыллыыллара.  Ама,  ким  ыллаабатаҕай  сэрии  кэнниннээҕи  сыл-
             ларга  «Таарый,  таарый  хомускун»,  «Сибэккилээх  түннүк»,  «Сүрэҕим
             тэптэҕиэн» курдук ырыалары?
                                 Ходуһаҕа косилка
                                 Курулуура уурайда.
                                 Талах отуу таһыгар
                                 Торҕо буруо унаарда.
                                 Хоҥкуначчы хоһуйа,
                                 Хонор хаастыы саҥарда,
                                 Доҕоччугуом, оҥостон,
                                 Даҕай уоскар хомускун!
                Манна киһи кулгааҕар косилка курулуура иһиллэр, хараххар торҕо
             буруо унаара көстөр, аны хомуһуҥ хоҥор хаастыы саҥарар — барыта
             саха киһитигэр тиийэр, сүрэҕин ортотунан киирэр өйдөбүллэр.

              156
   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161