Page 3 - Саха тыла 5 кылаас
P. 3
ҮӨРЭНЭРГЭ ҮӨРЭН
1 § Тыл уонна бодоруһуу
Тыл — саныыр санааны, билиини, иэйиини, о.д.а.
биэрэр сэп-сэбиргэл кэриэтэ. Кэпсэтии, санаа атас-
таһыыта, үөрэх, наука, ускуустуба, култуура ситиһии-
тэ — барыта тыл көмөтүнэн бэриллэр.
Саха тыла — төрөөбүт тылбыт.
Саха тыла — ийэ тылбыт
1. Аах. Төрөөбүт тыл суолтатын туһунан туох саҥаны бил-
лиҥ? Бэлиэтэммит тыллары болҕой.
I. Аан дойдуга төрөөбүт тыла суох омук суох. Ол да
иһин тыл — омук тыына, дьылҕата, сир сирэйиттэн си-
мэлийбэт суос-соҕотох мэктиэтэ диибит. Ханнык баҕа-
рар киһи хайа омук буоларын кэрэһилиир биир бэлиэтэ
төрөөбүт ийэ тыла буолар. (К.С. Чиряев)
Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылы-
нар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр,
иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьо-
ҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.
(Төрүт оскуола көрүгэ)
II. Төрөөбүт тыл — норуот уһун кэмҥэ олорбут оло-
ҕун, устуоруйатын тыыннаах кэрэһитэ. Норуот өйө-санаа-
та, тыына, ис дууһата тылыгар баар. Төрөөбүт тыл норуот
киһи аймахха биэрбит, киллэрбит кылаата буолар.
Омук тыла сайдыылаах, баай, этигэн, хомоҕой буол-
лаҕына — омук бэйэтэ эмиэ оннук: өйө-санаата чэбдик,
3