Page 5 - Саха тыла 5 кылаас
P. 5
Саха тылын уруогар (атын уруоктарга эмиэ) кэп-
сииргэ, суруйарга, өссө сатаан истэргэ, ааҕарга үөрэ-
нэҕит. Ол түмүгэр санааҕытын толору этэр, истибикки-
тин чопчу өйдүүр буолан тахсаҕыт.
3. Уруокка тугу гынаргытын холобурдаан кэпсэтиҥ.
4. «Саха тыла — төрөөбүт тылым» диэн тиэмэҕэ өй-
төн суруйуҥ.
2 §. Кинигэни сатаан туһаныах
Хайа да кинигэни билэргэ:
— таһын көрөбүт;
— бастакы сирэйигэр туох суруллубутун ааҕабыт;
— кинигэ ааптардара кимнээх эбиттэрин билэбит;
— ис хоһоонун («иһинээҕитин») көрөн, сирэйин арый-
талаан, о.д.а. билэргэ кыһанабыт.
Ити — билсэр ааҕыы ньымалара. Кинигэ ис хо-
һоонун өйдүүргэ көмөлөөхтөр.
Анал болдьох бэлиэлэри, ойуулары, о.д.а. билэр
эмиэ наада.
5. Иккис сирэйгэ баар болдьох бэлиэлэринэн сирдэтэн ки-
нигэ хайа да бараагырабыгар бул:
— саҥаны билии;
— кэтээн көрүү;
— өйдөө, болҕой;
— оонньуу;
— кэпсэтии сиэрэ;
— уустук сорудах;
— хатылааһын;
— бодоруһуу.
5