Page 8 - Саха тыла 5 кылаас
P. 8
9. Тиэкиһи аах, туох туһунан этиллибитин кэпсээ.
ДОРООБО, ТӨРӨӨБҮТ ТЫАМ!
Көрүҥ, көрүҥ эрэ! Быйыл сайылыкка сир симэҕэ
олус да үүммүт эбит! Кырдал бүтүннүүтэ, үүт-үкчү кы-
һыл көмүһү мөлбөччү куппут курдук, ыыс-араҕас алтан от!
Ол анараа өттө эмиэ — сибэкки долгурас муората: наар
халлаан күөҕэ, быдьыгынас сир симэҕэ аспыт. Халлаан
сиргэ кэлэн түспүтүн курдук! Оттон анараа — оруосабай
сибэккилэр. Онтон уот кыһыл сибэккилэр, онтон муус
маҥаттар... Үүт-үкчү этэрбэс оҕуруотун курдук таҥалай-
таҥалай түһэн испиттэр. Эчи, үгүс да араас кырааска,
тус-туһунан өҥ, ыһыахха киэргэнэн кэлбит дьон курдук,
манна төбүрүөннээбиттэр. Бу сир-буор көрдөххө эрэ ха
ра ээ — ол кэннэ киниттэн хайдахтаах курдук эҥин дьик-
ти нарын, ыраас өҥнөр үөскээн тахсалларый! Соҕотох бу
да алаас иһигэр төһөлөөх баарый!
(Суорун Омоллоон)
10. Оҕолоор, тулалыыр айылҕа айыы тыыннаах, ура-
ты кэрэ көстүүлээх, араас өҥнөөх... Бу туһунан
бэйэҕит салгыы сэһэргэһиҥ.
8