Page 11 - Саха тыла 5 кылаас
P. 11
18. Аах. Туох туһунан кэпсэнэрий? Аатта биэр. Тиэ-
кис соруга тугуй?
Хайа да кэпсэтиигэ сиэр, быраабыла диэн баар.
Үтүө санааны, дорооболоһууну, махталы, көрдөһүүнү, би-
линиини, эҕэрдэни, о.д.а. биллэрэр эйэҕэс тыллар дьону
кытта бодоруһарга олус көмөлөөхтөр.
Кэпсэтии сиэрэ — хайа да киһи култууратын сүрүн
көстүүтэ.
19. Хайдах кэпсэппиттэрин тэҥнээн көр. Билбэт дьоҥ-
ҥун кытта кэпсэтэр буоллаххына, бу тыллартан
хайата сөбүй?
Пирибиэт! — Дорооболоруҥ!
Эҕэрдэ! — Үтүө сарсыарданан!
Пакаа-пакаа! — Көрсүөххэ диэри!
Быраһаайдарыҥ! — Этэҥҥэ буолуҥ!
5 §. Уһун аһаҕас, хоһуласпыт,
сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор
20. Таайбараҥы таайыҥ:
1. Балык. 2. Бөх. 3. Томтор, үрдүк сир. 4. Харамай.
1 ЫЫ
2 ЫЫ
3 ЫЫ
4 ЫЫ
21. Дьыктаан. Дорҕоон дьүөрэлэһиитин өйдөөн көрүҥ. Таа-
бырыннары таайыҥ.
Хараҕа суох харахтанар, дьүлэй дьоллонор дьиктитэ
баар үһү. Окур-бокур оҕолор, оонньуу сылдьан, оттом-
11