Page 16 - Саха тыла 5 кылаас
P. 16

38. Үөрэнээччи сыыһа суруйбутун көннөр.

    Миитэ орто халымаҕа бэһис кылааска үөрэнэр. Ил-
лэҥ кэмигэр кэскил хаһыаты, хатан сурунаалы сөбүлээн
ааҕар. Уһун өрөбүлүгэр москубаҕа күүлэйдээбитэ. Онно
кириэмили чугастан көрбүтэ. Ыта мохсоҕол, куоската
муурка, кулунчуга кустук миитэни олус ахтыбыт этилэр.

39. Киһи үтүө майгытын көрдөрөр даҕааһыннары булан су-
       руй. Биэс мүнүүтэҕэ ким элбэҕи суруйар эбитий?

40. Аат тылларга суолталарынан майгыннаһар тыллары бу-
       лан суруй.

    Муоста —    сыарҕа —  мэһэй —
    туһах —     хонуу —   сирэй —
    кырааска —  уот —     тыал —
    сыыр —      тымныы —  түбүк —

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: доҕуур, сыһыы, кулуһун,
дуй, күргэ, турку, буом, сүпсүк, дьыбар, дабаан, сэбэрэ,
силлиэ.

16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21