Page 21 - Саха тыла 5 кылаас
P. 21
Киэҥ аһаҕас дорҕоону [а] [ы]
этэргэ айах киэҥник атар [э] [и]
([а], [э], [о], [ө] эбэтэр [ө] [ү]
[аа], [ээ], [оо], [өө]). [о] [у]
Кыараҕас аһаҕас дор- —— киэҥ аһаҕас дорҕооннору
ҕоону этэргэ айах кыара- этэргэ тыл уонна айах хайдах
ҕастык атар ([и], [ы], [ү], хамсыырын көрдөрүү;
[у] эбэтэр [ии], [ыы], кыараҕас аһаҕас дорҕоонно-
[үү], [уу]). ру этэргэ тыл уонна айах хай-
дах хамсыырын көрдөрүү.
50. Тиэкискэ аатта биэр. Киэҥ уонна кыараҕас аһаҕас дор-
ҕоонноох тыллары бул.
Чүөчээски туран Түргэнин аһатта, быһаҕын буруустаа-
та, туһах хатта, кинигэтин ботуоҥкатыгар хаалаата уонна
таайа бэлэхтээбит сабыс-саҥа пугаһын* ылан сыттыгын
анныгар укта уонна буулдьатын эриллэн сабыллар пена-
лын иһигэр хаалаан баран, оронугар тиийэн утуйан хаал-
ла. Уһуктубута — дьоно аһаан-сиэн тарҕаспыттар. Кини
соҕотоҕун чэйдээтэ. Чэйдээн бүтэн, Сардаананы таһырдьа,
ампаар кэннигэр, ыҥыран таһаарда. (Суорун Омоллоон)
Илин уонна кэлин аһаҕас дорҕооннор
Илиннэр Кэлиннэр
[и], [ии], [ү], [үү], [ы], [ыы], [у], [уу],
[э], [ээ], [ө], [өө] [а], [аа], [о], [оо]
Илин аһаҕас дорҕоону этэргэ айах иһигэр тыл
илин өттө өрө көтөҕүллэр уонна илин тиис диэки сы-
ҕарыйар ([и], [э], [ү], [ө] эбэтэр [ии], [ээ], [үү], [өө]).
* пугаһын — оонньуур бэстилиэтин.
21