Page 22 - Саха тыла 5 кылаас
P. 22

Кэлин аһаҕас дорҕоону   [а], [э]
этэргэ тыл кэлин өттө өрө   [о], [ө]
көтөҕүллэр уонна бэлэс      [ы], [и]
диэки сыҕарыйар ([ы],       [у], [ү]
[а], [у], [о] эбэтэр [ыы],
[аа], [уу], [оо]).             —— кэлин аһаҕас дорҕоону
                                      этэргэ тыл хайдах хам-
    Илин уонна кэлин аһа-             сыырын көрдөрүү;
ҕас дорҕооннору саҥар                 илин аһаҕас дорҕоону
уонна тыл хайдах хам-                 этэргэ тыл хайдах хам-
сыырын өйдөө.                         сыырын көрдөрүү.

         51. Хоһоону өйдөөн аах. Тылга илин уонна кэлин аһа-
                 ҕас дорҕооннор булкуһан тураллар эбит дуо? Итин-
                 тэн туох түмүгү оҥоруохха сөбүй?

                                ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУБАР

                Мин төрөөбүт дойдубар сырыттым,
                Кини сырдык халлаанын анныгар
                Сымнаҕас, сылаас сүөгэйи истим,
                Үрдүк хатыҥнаах чараҥар хаамтым.

                Онно күн бэйэтин чаҕылларын,
                Уоттарын харыстаабакка ыһар.
                Будьуруспут тииттэр уорҕаларын
                Саһыл кутуругунуу уматар.

                Онно иэҕэйбит титиик кэтэҕэр
                Кэҕэ кэлэн кэпсээннээн кэҕийэр,
                Элиэ оҕонньор тэлээрэн иһэн,
                Кистии-кистии, киһини эргийэр.

                Онно киһи атаҕын анныттан
                Эриэн моҕотой эмискэ турар,

22
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27