Page 27 - Саха тыла 5 кылаас
P. 27
12 §. Уһун аһаҕас дорҕоон эбэтэр
дьуптуон кылгааһына
Сыһыарыы эбилиннэҕинэ, сороҕор тыл олоҕун уһа-
тыылаах аһаҕас дорҕоонун эбэтэр дьуптуонун кылгас
киэҥ аһаҕас дорҕоон солбуйар. Ону аһаҕас дорҕоон
кылгааһына дэнэр. Холобур:
түөрт + үс > төрдүс, биэс + ис > бэһис
биэр + ин > бэрин, диэ + ис > дэс
туой + ук > тойук, ыллаа + н > ыллан
ытаа + т > ытат, төлөө + т > төлөт
57. Үөһэ бэриллибит холобурга сирдэтэн кылгас аһаҕас
дорҕоонунан солбуй. Уларыппыт тылларгын тут-
тан 4 этиитэ суруй.
Киэҥ — ... Сиэл — ... Күөл — ... Суол — ... Күөх — ...
Уон — ... Уот — ...
13 §. Тиэкис өйдөбүлэ, бэлиэтэ
58. Эн санааҕар, тиэкис диэн тугуй? Бэриллибит этии-
лэри тиэкис диэххэ сөп дуо?
1. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, бииргэ үөрэнэр табаарыстаргар
аламаҕай буол. 2. Аҕа дьон, кыра оҕолор, кыргыттар сир-
гэ түһэрбит малларын ылан биэр, таһаҕастарын тутус,
ааны аһан урут киллэр, олорор миэстэҕин туран биэр.
3. Кулуупка, тыйаатырга оонньууну, киинэни көрө олорон
кэпсэтимэ, айдааран, күллэрэстээн атын дьону мэһэй-
дээмэ, төлөпүөнүнэн кэпсэтимэ. 4. Оскуолаҕар үчүгэйдик
суунан-тараанан, дьиэҕэр оҥостон кэлэр буол.
27