Page 32 - Саха тыла 5 кылаас
P. 32
Тылга сыһыарыы эбиллэригэр [с] дорҕоон аһаҕас
дорҕооннор ыккардыларыгар иккитэ хатыланарыгар
бастакы тыл олоҕунааҕы [с] оннунан хаалар.
Холобур: быс — быһыс — бысыһар
аас — ааһыс — аасыһар
66. Маннык туохтуурдары көрдөрүллүбүтүн курдук
уларытыҥ. Этиигэ киллэрэн таба суруйуҥ. Холо-
бур: бас — баһыс — басыһар. Балтым, ийэтигэр
көмөлөһөн, уу басыһар.
Ас, көс, сос, тас, тэс.
16 §. Бүтэй дорҕооннор дьүөрэлэһэн
туттуллуулара
Тыл олоҕор сыһыарыы сыстарыгар бүтэй дорҕоон-
нор сэргэстэһэр түгэннээхтэр. Сороҕор этиллиилэрэ
сөп түбэһиспэт. Оччоҕо сабыдыаллаһан, дьүөрэлэһэн
тураллар. Ону дьүөрэлэһии эбэтэр ассимиляция
дэнэр.
Дьүөрэлэһии үс көрүҥэ баар: өрө, төттөрү, хар-
дарыта дьүөрэлэһии.
Өрө дьүөрэлэһиигэ бастакы бүтэй дорҕоон сабы-
дыалынан иккис бүтэй дорҕоон уларыйар.
Холобур: мас+лаах = маслаах > мастаах
ааҕар + тааҕар = ааҕартааҕар > ааҕардааҕар
устар + лаах = устарлаах > устардаах
67. Өрө дьүөрэлэһиигэ бэриллибит холобурдары туһанан үс
этиитэ оҥор. Холобур, тн > тт: кытын + ар > кыттар,
сотун + ар > соттор.
32