Page 35 - Саха тыла 5 кылаас
P. 35
71. Икки тиэкиһи ааҕыҥ, тутулларын ырытыҥ.
I.
КҮӨРЭГЭЙ
Сайын күөрэгэй чыычаах барахсан, өрө күөрэйэн тах-
сан, салгыҥҥа ыйаммыт курдук, биир сиргэ сапсынан
дьирибинэйэ туран, ырыа бөҕөнү ыллаан дьурулатар-дьы-
рылатар буоллаҕа эбээт.
Ити курдук биирдэ биир күөрэгэйи көрөн иһиллии тур-
дахпына, кырбый күөрэгэйи арыый үрдүнэн элээрийэн
кэлэн, кураанах тиит төбөтүгэр түстэ. Кырбый, күөрэгэйи
иһиллиирдии мыкыччы туттан балачча олорбохтоот, атын
сир диэки көтө турда.
Кырбый барбытын кэннэ, күөрэгэй ырыата эбии сэ-
тэрдэ. Күөрэгэйгэ атын көтөрдөр саҥалара эмиэ хол-
босто. Үчүгэйдик иһиллээн олордоххо, көтөрдөр дьикти
саҥалара киһи уйулҕатын хамсатар эриэккэс муусука
курдук буолар эбит.
(Егор Макаров)
II.
КЫҺЫЛ КӨМҮС ХОДУҺА
Алтан от ситэн үүннэҕинэ, бырааппыныын куруутун ки-
нинэн эрэ дьарыктанан, оонньоон тахсар этибит. Быраап-
пыныын ханна эмэ барар буоллахпытына, кини — инники,
мин кини кэнниттэн батыһар этим.
«Серёжа!» — диэн кинини дуоспуруннук ыҥырабын.
Онуоха кини эргиллэн көрдөҕүнэ, алтан от түүтүн си-
рэйигэр саба үрэбин. Кини итини иэстэһэн, миигин кэ-
тиирэ уонна, мүччү туттаран, сирэйбэр саба үрэрэ. Онон
ити үчүгэйэ суох сибэккини көр оҥостон эрэ үргүүрбүт.
Ол эрээри биирдэ мин манныгы билбитим.
35