Page 37 - Саха тыла 5 кылаас
P. 37

73. Сомоҕо домоҕу быһаарыытын кытта ситимнээ.

Бэдэр мэйии     Абыраата, өрүһүйдэ
Иннин биэрбэтэ  Өйдөөх киһи
Күн-ый буолла   Бэриммэтэ, кыайтарбата

74. Инники бэриллибит сомоҕо домохтору туһанан
        «Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат»
        диэн тиэмэҕэ кэпсэтиһиҥ.

18 §. Бүтэй дорҕоон хоһулаһыыта

    Саха тылыгар бүтэй дорҕоон хоһулаһыыта икки
араастаах: тыл олоҕунааҕы хоһулаһыы уонна сыһыа-
рыы сыстыытыгар хоһулаһыы.

    Тыл олоҕунааҕы хоһулаһыы тыл сайдыбыт устуо-
руйатын кытта ситимнээх уонна аҕыйах тылга бэ-
лиэтэнэр.

                                                                                                    37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42