Page 36 - Саха тыла 5 кылаас
P. 36
Биһиги дэриэбинэҕэ олорбуппут, түннүкпүт анныгар
ходуһа сирэ баара, кини алтан отунан тэлгэнэн кыһыл
көмүс курдук буолан көстөрө. Көрүөххэ олус кэрэ этэ.
Бары: «Олус үчүгэй! Ходуһа кыһыл көмүһүнэн бүрүллү-
бүт», — дииллэрэ. Биирдэ мин, күөгүлүү бараары, эрдэ
туран, ходуһа хонуутун көрбүтүм, онтукам кыһыл көмүс
курдук буолан көстүбэтэҕэ, көҕөрөн эрэ көстүбүтэ. Күн
ортотун саҕана дьиэбэр төннүбүтүм, хонуум эмиэ кыһыл
көмүс курдук буолан хаалбыт этэ. Мин мантан ыла кэ-
тэспитим. Киэһэ хонуум эмиэ көҕөрбүтэ. Онуоха мин
хонууга алтан от көрдүү барбытым, онтукам алтан от
эминньэҕин түүрэн кээспит этэ. Ол иһин көҕөрөн көстөр
буолбут. Сарсыарда, күн тахсыбытын кэннэ, алтан от
эминньэҕин хайдах аһарын, онон хонуу эмиэ кыһыл көмүс
толбоннонорун көрбүтүм.
Алтан от биһигини, оҕолору кытта, бииргэ утуйар уон-
на бииргэ турар буолан, итинтэн ыла биһиги алтан оту
таптыыр буолбуппут.
(Михаил Пришвин)
72. Уруһуйу көрөн, тиэкис тахсар гына этиилэри саа-
һылаан уһул, аатта биэр.
Халлааҥҥа хара былыт халыйан таҕыста. Ол кэннит-
тэн ардах түһэн силибирэттэ. Сотору соҕус буолаат,
этиҥ этэн лаһыгыратта, чаҕылҕан уота чаҕылыҥнаата.
Күн көстүбэт буолла.
Сорохтор хаххаҕа, сарайга киирдилэр. Таһырдьа оон-
ньуу сылдьар оҕолор дьиэлэрин диэки сырыстылар.
Онтон тохтоото. Оҕолор эмиэ кустаах мохсоҕол буо-
ла оонньообутунан бардылар. Былыт быыһыттан күн уота
сандаарда. Ардах балачча өр түстэ.
(В. Алданскай)
36