Page 34 - Саха тыла 5 кылаас
P. 34

70. Хардарыта дьүөрэлэһии хайдах үөскээбитин көрдөр.
         Этиитэ суруй. Холобура: ыппыт > ыт + быт > ытбыт >
         ыппыт. Ыппыт моҕотойу сырсан, талах быыһыгар
         киирдэ.

    Оппут, бырааппыт, үүппүт, тииппит, хаһыаппыт.

                  17 §. Тиэкис тутула

           Тиэкис үс чаастаах буолар: киириитэ, сүрүн чааһа,
       түмүгэ.

           I. Киириитэ. Тиэкис саҕаланар этиилээх буолар.
       Ону киириитэ диэбэккэ, көннөрү саҕаланар этиитэ
       диир табыгастаах. Оттон толору сиппит тиэкис хас
       да этиилээх туспа чаас буолар киириилээх. Тиэкис
       киириитигэр түбэлтэ хаһан, ханна буолбута этил-
       лэр, сүрүн дьоруойу, кэпсэнэр барамайы (предме-
       ти), этэр санааны кытта билиһиннэриллэр. Киириитэ
       туспа апсааска суруллар. Ол кэнниттэн сүрүн чааһа
       кыһыл устуруокаттан саҕаланар.

           II. Сүрүн чааһыгар этэр санаа, кэпсэнэр түбэл-
       тэ, ойууланар барамай (предмет) бэлиэтэ утуу-субуу
       сааһыланан сиһилии суруллар. Сүрүн чааһа бэйэтэ
       хас да кэрчик чаастаах буолуон сөп. Хас биирдии
       кэрчик чаас кыһыл устуруокаттан суруллар.

           III. Түмүк. Толору сиппит тиэкис түмүгэ хас да
       этиилээх туспа чаас буолуон сөп. Тиэкис түмүгэ
       кыһыл устуруокаттан суруллар. Кылгас тиэкис түмүк-
       түүр этиилээх буолар.

34
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39