Page 30 - Саха тыла 5 кылаас
P. 30
Ньиргиэрэ суохтар: [к], [п], [с], [т], [х], [ч] (6
дорҕоон). Балар тыастан эрэ үөскүүллэр.
Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннортон [й], [u˜ ,], [л],
[м], [н], [ҥ], [нь], [р] дорҕооннору этэргэ куолас
тыаһы баһыйар. Ол иһин балары диэрийэр бүтэй
дорҕооннор дииллэр. Айах диэрийэрдэрэ — [й], [л],
[р]; мурун диэрийэрдэрэ — [u˜ ,], [м], [н], [ҥ], [нь].
[u˜ ,] (мурун көҥдөйүгэр үөскүүр й) дорҕоон урут
үөрэтиллибэккэ сылдьыбыт. Э.К. Пекарскай тылдьы-
тыгар 160-ча [u˜ ,] дорҕоонноох тыл баар. Холобур,
иньэ, мэньии, туньах, таньах уо.д.а. Өйдөөн кэби-
һиэххэ: төрөөбүт тыл дорҕооннорун толору систиэмэ-
тэ — барҕа баайбыт.
61. Күрэхтэһиҥ. Кып-кылгас кэм иһигэр [б], [д], [дь],
[л], [м], [н] дорҕооннорунан саҕаланар тыллары
ким элбэҕи булан суруйар эбитий?
62. [К], [п], [с], [т], [х] дорҕооннорунан бүтэр тыллары
суруй.
63. Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕоон элбэх дуу, ньиргиэрэ
суох дуу? Хоһооҥҥо ол туох суолталаммытый? Өй-
төн аах.
1. Будулҕан тумаҥҥа, чыгдааннаах дьыбарга
Буорахпыт буруота бурҕаҥнаан оргуйар;
Түүннэри-күннэри түрбүөтээн ытарга
Түннүктүүн-үөлэстиин барыта доргуйар.
2. Адаардаах арҕастаах таас Дьааҥы анныгар,
Аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар
Бааһырбыт большевик кэриэһин эппитэ,
Барыбыт бааһырбыт сүрэхпит тэппитэ...
(Былатыан Ойуунускай)
30