Page 25 - Саха тыла 5 кылаас
P. 25

11 §. Аһаҕас дорҕоон
                 дьүөрэлэһэр сокуона

           Аһаҕас дорҕооннор сахалыы тылга дьүөрэлэһэн,
       наардаһан тураллар. Икки сүрүн быраабыла баар.

           Бастакыта: биир тылга наар илин ([и], [э], [иэ],
       [ү], [ө], [үө]) эбэтэр наар кэлин ([ы], [а], [ыа], [у],
       [о], [уо]) аһаҕас дорҕоон туттуллар. Холобур, илии-
       лээх, үрүмэччи, көтөхсүбүт; аҕалаахтар, ырыаһыт-
       тыын, ууһуттар.

           Иккиһэ: биир тылга наар айах ([ы], [а], [ыа], [и],
       [э], [иэ]) эбэтэр наар уос аһаҕас ([у], [о], [уо], [ү],
       [ө], [үө]) дорҕоон туттуллар.

           Холобур: сарсыардааҥҥы, киэһээҥҥиттэн; оҕо-
       лоохтору, өрөбүллүүн.

           Уос аһаҕас дорҕоонноро [у], [уо] кэннилэриттэн
       айах аһаҕас дорҕооно [а] эбэтэр уос аһаҕас дорҕоон-
       норо [ү], [үө] кэннилэриттэн айах аһаҕас дорҕооно
       [э] кэлэллэр. Холобур, улар, утуйарыгар, үмүөрүһэ-
       рин, үлэ, олорбуттарыттан.

 56. Наар илин эбэтэр наар кэлин аһаҕас дорҕоонноох тыл-
         лары талан, сөпкө саҥара үөрэн. Тиэкискэ аатта биэр,
         ааҕан баран суруй.

    Тэтиҥ мастар сэбирдэхтэрэ сөрүүн тыалтан тэлиби-
рии суугунууллар. Чугас, үрүҥ кумаҕынан эркиннэнэн,
Түбэ диэн кыра салаа өрүс түргэн сүүрүгүнэн устан
мэндэһийэ сытар. Икки өрүс уута холбоһоругар күрүлүү
тыаһаан, тыа баһынан ыраах куугунуу турар. Түбэ өрүс
икки эҥээринэн кэккэлээн турар үрдүк тиит мастар ла-
баалара күөгэлдьиһэ хамсыыллар. Аллара улахан өрүс,
өрө көбөр долгуннарынан күн уотугар күлүмүрдүү оон-
ньоон, оргууй налыйа устар. (Афанасий Фёдоров)

                                                                                                            25
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30