Page 23 - Саха тыла 5 кылаас
P. 23

Кутуругун чөрөччү туттаахтаан,
Хаппыт тииккэ хачыгыраан тахсар.

                                               (Эллэй)

Уос уонна айах аһаҕас дорҕоонноро

        Уос                        Айах
[ү], [ө], [у], [о]         [и], [э], [ы], [а]

    Уос аһаҕас дорҕооннорун этэргэ уос чорбойор, тө-
гүрүйэр ([ү], [ө], [у], [о] эбэтэр [үү], [өө], [уу], [оо]).

    Айах аһаҕас дорҕооннорун этэргэ айах аһыллары-
гар уос хамсаабакка хаалар ([и], [э], [ы], [а] эбэтэр
[ии], [ээ], [ыы], [аа]).

    Уос, айах аһаҕас дорҕооннорун дьүөрэлээн саҥа-
ран көр.

    Холобур, [ү]-[и], [ө]-[э], [у]-[ы], [о]-[а] эбэтэр
[үү]-[ыы], [өө]-[ээ], [уу]-[ыы], [оо]-[аа].

52. Аах. Бастаан наар уос аһаҕас дорҕооннордоох тыл-
       лары, онтон наар айах аһаҕас дорҕооннордоох тыл-
       лары ааттаа.

ТУЛЛУК, ТУЛЛУК ДОҔОТТООР

Туллук, туллук доҕоттоор,  Эҥин-чэбдик сэгэрдээр,
Туран-олорон сылдьарга     Этэн-тыынан сылдьарга
Доҕор-атас туһалаах,       Эйэ-доҕор эрэллээх.
Өрөс-чөрөс үөлээннээр,     Көмүс-алтан дьүөгэлээр,
Үөскээн-төрөөн сылдьарга   Көтөн-сүүрэн сылдьарга
Үтүө дьүөгэ өйөллөөх.      Көнө сүрэх көмөлөөх.

                                                         (Алампа)

                                               23
   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28