Page 18 - Саха тыла 5 кылаас
P. 18

көҥдөйүгэр анал үөскүүр миэстэлээх. Ол иһин дор-
ҕооннор бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаабаттар. Хо-
лобур, уос ыпсыытыттан — [б], [п], [м]; тыл төбөтө
үөһээ илин тиистэргэ таарылларыттан — [т], [д], [л],
..; тыл үрдэ таҥалайга сыста түһэриттэн — [г], [ҥ],
[нь],.. уо.д.а. үөскүүллэр.

    Аһаҕас дорҕооннор уонна ньиргиэрдээх бүтэйдэр
(холобур, [б], [м], [р]...) куолас кыттыылаахтар. Со-
рох бүтэйдэр тыас уонна куолас ([й], [u˜ ,], [һ], [дь]...)
кыттыылаахтар. Аҥаардас тыас көмөтүнэн ньиргиэрэ
суох бүтэй дорҕооннор ([к], [п], [с], [т], [х], [ч]) үөс-
күүллэр.

42. Табылыыссаны көрөн саҥа дорҕооно хас араастаа-
       ҕын быһаар.

Саҥа дорҕоонноро

Аһаҕастар                     Бүтэйдэр

[а], [аа], [и], [ии],         [б], [г], [ҕ], [д], [дь], [й], [u˜ ,]

[о], [оо], [ө], [өө], [у], [уу], (муннунан этиллэр й дорҕоон),

[ү], [үү], [ы], [ыы], [э], [к], [л], [м], [н], [ҥ], [нь], [п],

[ээ], [ыа], [уо], [иэ], [үө]  [р], [с], [һ], [т], [х], [ч]

 ! Төрөөбүт тыл дорҕоонноро өр үйэлэртэн чочуллан олох-
       суйбуттар. Саха тыла 40 дорҕоонноох: 20 — аһаҕас дорҕоон,
       20 — бүтэй дорҕоон.
           Буукуба уонна дорҕоон бэлиэтэниитэ атын-атын. Холобур,
       буукуба — а, о, у; дорҕоон — [а], [о], [у].

            Дорҕоон тылы, этиини саҥардахха үөскүүр уонна
       тыл өйдөбүлүн үөскэтэр аналлаах. Холобур, сулус, со-
       лос, силис, сэлэс диэн тылларга аһаҕас дорҕоон ула-
       рыйдаҕын ахсын, атын-атын суолталаах тыл үөскүүр.

18
   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23