Page 17 - Саха тыла 5 кылаас
P. 17

САҤА ДОРҔООННОРО УОННА
ТАБА САҤАРЫЫ

           Саҥардахпытына, дорҕоон тахсар. Ону саҥа дор-
       ҕооно диибит. Саҥа дорҕоонун ФОНЕТИКА үөрэтэр.
       Сахалыыта — саҥа дорҕоонун үөрэҕэ.

       9 §. Саҥа дорҕоонун үөскээһинэ

            Саҥа дорҕооно үөскүүрүгэр тыҥа, хабарҕа, күөмэй,
       бэлэс, куолас силгэтэ, хос тыл, айах көҥдөйө, тыл,
       тиис, уос, мурун көҥдөйө кыттар. Маны саҥа уорган-
       нара диибит.

            Саҥа уорганнарыттан уос, тыл, куолас силгэлэрэ
       ордук күүскэ үлэлииллэр. Мантан атыттара саҥа дор-
       ҕооннорун этэргэ көмө суолталаахтар.

         41. Ойууну көрөн, саҥа уорганнарын ааттарын бил.

                                                       Саҥарарга салгын ты-
                                                  ҥаттан тахсарыгар куо-
                                                  лас силгэлэрэ дэргийэл-
                                                  лэр. Дорҕоон айах, мурун

                                               Саҥа уорганнара:
                                               1 — тыҥа, 2 — хабарҕа,
                                               3 — күөмэй (манна куолас силгэлэрэ
                                               бааллар), 4 — бэлэс, 5 — айах көҥдөйө,
                                               6 — тыл, 7 — тиистэр, 8 — уостар,
                                               9 — мурун көҥдөйө.

                                                                                                            17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22