Page 12 - Саха тыла 5 кылаас
P. 12

нонон олордоллор эрэ, олоҥхолоон бараллар үһү. Киһи
да буолбатар, киһини кытта кэпсэтэр баар үһү. Мохсоҕол
модуна, элиэ эрчимэ элбэҕи кэпсиир үһү. (Чопчу Уйбаан
таабырыннара)

 22. Кылгас тиэкискэ аатта биэр. Көппүт буукубалары ситэ-
         рэн суруй.

    Чуу...у кылааска оҕо ча...ынас куолаһа ордук дор-
ҕоо...онон иһили...э. Таһы...а күһү...ү ыр...с ха...аан-
тан сырдык күн мичээ...ии тыган, тү...үк т...һыгар чаҕы-
лы...ыы оо...уу турда. (Василий Тарабукин)

 23. Өйтөн аах. Ханнык тыллары сыыһа суруйуохха сөбүн
         быһаар.

                        Барсыбаппын ол ахсын,
                        Солом суох букатын!
                        Эрдэ тураммын сарсын
                        Үөрэнэ барабын.

                                                       (Баал Хабырыыс)

 24. Сорудаҕы болҕойон аах, эппиэккин суруй.

    I. Саха тылыгар бачча аһаҕас дорҕоон баар:
         а) 7 б) 8 в) 4 г) 20

    II. Саха тылыгар бачча бүтэй дорҕоон баар:
         а) 17 б) 19 в) 16 г) 20

    III. Хоһулаһар бүтэй дорҕоон буукубата:
         а) 9 б) 7 в) 11 г) 13

    IV. Дьуптуон барыта:
         а) 4 б) 5 в) 3 г) 6

12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17