Page 14 - Саха тыла 5 кылаас
P. 14

нан кэллиҥ? (Суорун Омоллоон). Чэ, убаай, улахыын-ула-
хан баһыыба!.. Кэриэс гыныам... (Суорун Омоллоон). Бэйи
эрэ, кыргыттаар, мин ону-маны билэн-көрөн кэлиим
(Амма Аччыгыйа).

         29. «Маҕаһыыҥҥа» диэн тиэмэҕэ туһулууну, диалогу
                 туттан тиэкистэ оҥор.

 30. Сирэй саҥаҕа сурук бэлиэтин туруор.

    Өҥөй Бөтүүк ыйыппыт туох сорукка кэллигит хайдах
олороҕут? Тааһын миэхэ атыылаатын диэн аҕабыт ил-
дьиттээтэ диэбиттэр кыыстаах уол. Өҥөй Бөтүүк эппит
тааспын биэрбэппин үөлээннээҕим хоргуппатын.

 31. Болдьох бэлиэни туһанан сирэй саҥалаах этиилэрдэ оҥор.

    1. А: «С». 2. А: «С!» 3. А: «С?» 4. «С», — а. 5. «С!» — а.
6. «С?» — а.

                  8 §. Саҥа чаастара
                Аат тыл түһүктэниитэ

 32. Сорудахтаах дьыктаан. Айылҕа көстүүлэригэр сыһыан-
         наах таабырыннары таайыҥ. Бэлиэтэммит тыллар хан-
         нык саҥа чааһа буолалларын ыйыҥ.

    1. Көҥүлүнэн устар көмүс кытыйа баар үһү. 2. Айыы
кыыһа аан дойдуну күөх солко былаатынан саба бүрүйэн
турар үһү. 3. Сарсыарда сандаарар, киэһэ күндээрэр
баар үһү. 4. Сур соноҕос сүүһүгэр сэттэ сүүмэхтээх
туоһахталаах үһү. 5. Сулустары быыһынан көмүс кытах
уста сылдьар үһү. (Чопчу Уйбаан таабырыннара)

14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19