Page 9 - Саха тыла 5 кылаас
P. 9
АЛЫН КЫЛААСКА ҮӨРЭППИТИ
ХАТЫЛААҺЫН
3 §. Саҥа дорҕооно уонна буукуба
11. Тылларга хас буукуба уонна дорҕоон баарын бы-
һаар. Бэлиэтэммит тыллар аһаҕас дорҕооннорун
уһатан саҥа тылларда оҥор.
Ийэм, үлэһит, сыа, бас, аттар, биэ, сас, кир.
12. Таайбараҥы таайыҥ:
1. Хараҥаҕа халлааҥҥа чыпчыҥныыр. 2. Кыыс биир-
гэ төрөөбүт быраата. 3. Туох эмэ кэрэтик күлүмнээн-
дьиримнээн көстүүтэ. 4. Уста кээмэйэ.
12
3уу
4уу
4 §. Алпаабыт
13. Бу тыллары алпаабыт бэрээдэгинэн наардаа. Бэлиэтэм-
мит тыллары туттан этиилэрдэ суруй.
Оскуола, араадьыйа, собуот, оптуобус, дуобат, ньуос-
ка, бүнүөкүл, бэлисипиэт.
9