Page 4 - Саха тыла 5 кылаас
P. 4
киэҥ көҕүстээх, инники кэскилигэр эрэх-турах, бөҕө са-
наалаах.
Тыл — дэгиттэр билии төрдө. Билии — сайдыылаах
олох төрдө. (П.А. Слепцов)
III. Эппэр ийэм үүтүн кытта
Иҥмит эбит, быһыыта,
Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам мындыр саҥата...
Кини миэнэ —
Барҕа баайым,
Өлбөт мэҥэм — мин дьолум.
Кини миэнэ
Ыалдьар ыарыым,
Үлэм, күнүм — мин соргум.
(Семён Данилов)
IV. Олох ханнык да ыар түгэнигэр
Ийэ тылтан абыралы булуоҥ,
Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин,
Баай дууһаланыаҥ,
Өлбөт өйдөнүөҥ...
(Семён Данилов)
2. Табылыыссаны өйдөөн көр. Бодоруһуу диэн тугун
быһаар.
БОДОРУҺУУ
Тылынан Суругунан
Саҥарыы = истии Суруйуу = ааҕыы
4