Page 13 - Саха тыла 5 кылаас
P. 13
6 §. Этии чилиэннэрэ
25. Тиэкискэ аатта биэр. Этии тутаах чилиэннэрин болдьох
бэлиэнэн тарт.
Куочук эһэтин кытта балыктыыр. Күөлгэ балык дэлэй.
Эһэтэ илимниир, туулуур. Уол киниттэн хаалсыбат. Биир-
дэ сүрдээх улахан сордоҥу таһаарбыта.
26. Тыллары сааһылаан этиитэ оҥор, тиэкискэ аатта бул.
Этии чилиэнинэн ырыт.
Көмөлөһөр олус ийэтигэр Туйаара. Иһит кини харбыыр
дьиэ сууйар. Алаадьы сороҕор астыыр. Наһаа кыыс тап-
тыыр ийэтин.
27. Талар дьыктаан. Этии тутаах чилиэннэрин эрэ суруйуҥ.
Кыра Мэхээчэ чараҥҥа дьэдьэннии барда. Балта быы-
каа иһитин ылан батыста. Кини эмиэ дьэдьэнниэн баҕар-
даҕа. Маайыс эбэтигэр дьэдьэн аҕалан амсатыа.
7 §. Туһулуу. Сирэй саҥа
Туһулуу кими эмэ аатын ааттаан туохха эмэ туһаа-
йан ыҥырарга туттуллар. Маныаха дьон хайдах сыһыан-
нааҕа, култуурата чуолкайдык көстөр.
28. Туһулуулары ый, туох суолтаҕа туттуллубутта-
рый? Сурук бэлиэтэ хайдах турбутун быһаар.
Хабыас, уоскуй... Уоскуй, сыччыай... (Николай Габышев).
«Саргылаана Тарасовна, сахалыы ыллаа эрэ», — Сергей
Петрович ааттаһардыы эттэ (Софрон Данилов). Дорообо,
эдьиийим Сайсары, кэл бэттэх, кэпсээ, тугу сорудахта-
13