Page 19 - Саха тыла 5 кылаас
P. 19
43. Таайбараҥы таайыҥ:
1. Ойуур кыыла. 2. Көрөр уорган. 3. Саха аһа. 4. Убай
кэргэнэ.
12
3аа
4аа
44. Дьиэҕэр таайбараҥна оҥорон кэл.
45. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Саха тылын дорҕоонноро ханнык араастааҕый?
2. Дорҕоон үөскүүр миэстэлэрэ ханныктарый?
3. Ханнык дорҕооннорго куолас кыттарый?
4. Тыастаах дорҕооннордоох тыллары бул.
46. Тиэкискэ аатта биэр. Бэлиэтэммит этиини саҥаран
көр. Аһаҕас уонна бүтэй дорҕооннорун ааттаталаа.
Лэглээр оҕонньор эдэригэр ампаар истиэнэтигэр
сыһыарбыт хатыҥ сэбирдэҕин сүүс хаамыы сиртэн ытан
таппыт. Бэркиһээн, иккиһин ыттаран баран, иккис буул-
дьа суолун хантан да булбатахтар. «Ампаары да таппа-
тах», — диэн күлүү гыммыттарыгар, Лэглээр маҥнай-
гы буулдьа суолун быһаҕынан хаспытыттан, икки
буулдьа түһэн кэлбит. Биирдэ алта уон хаамыы сиргэ
туруору аспыт быһах биитигэр буулдьатын хайа ыппыта
үһү... Үрэх уҥуор талах быыһыттан төбөтө быган сытар
тайаҕы кулгааҕын үүтүнэн түһэрбитэ үһү. (Амма Аччыгыйа)
19