Page 24 - Саха тыла 5 кылаас
P. 24

Дьуптуоннар

        Саха тылыгар түөрт дьуптуон баар: [иэ], [үө],
    [ыа], [уо].

        Дьуптуон хас да аһаҕас дорҕоон холбуу этиллиби-
    тин курдук иһиллэр, онон уустук дорҕоон. Дьуптуон
    састаабын кулгааҕынан истэн араарыллыбат, анал
    прибор эрэ көмөтүнэн быһаарыахха сөп.

         53. Тыллары саҥа чаастарынан маннык наардаан су-
                 руй: аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, туохтуур.

    Ыал, ыам, ыар, ыас; быа, сыа, тыа; сыал, сыап, тыас;
дьыала, сыана, сыарҕа; табыа, ытыа, сыыһыа, ылгыа.

           54.  Дьуптуону туруоран тылла үөскэтиҥ. Ким түргэн
                эбитий?
    к__т
    т__с        с__х       т__с       к__п       с__с
                м__р       т__л       с__р       к__т

    Аһаҕас дорҕооннор наарданыылара

 А/д хайдаҕа          Илиннэр               Кэлиннэр

Кыараҕастар     айах а/д уос а/д      айах а/д уос а/д
Киэҥнэр
Дьуптуоннар     [и], [ии]  [ү], [үү]  [ы], [ыы]  [у], [уу]
                [э], [ээ]  [ө], [өө]  [а], [аа]  [о], [оо]

                   [иэ]       [үө]       [ыа]       [уо]

55. Табылыысса көмөтүнэн аһаҕас дорҕооннору ырыт.
  Үтүө киһи үгүс доҕордоох, оннук киһи охтон биэрбэт.

24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29