Page 28 - Саха тыла 5 кылаас
P. 28
Этэр санааны толору арыйар, ис хоһоонунан уон-
на тутулунан сибээстээх хас да этии ситимэ тиэкис
дэнэр. Тиэкис бэлиэтэ:
— хас да этиилээх;
— этиилэрэ ис хоһооннорунан бэйэ-бэйэлэриттэн
ситимнээхтэр;
— биир тиэмэлээх, сүрүн санаалаах;
— этэр санаата толору арыллыбыт; саҕаланар, тү-
мүктүүр этиилээх;
— тиэмэтигэр, сүрүн санаатыгар сөп түбэһэр аат-
таах.
59. Этиилэринэн сирдэтэн, тиэкис туох туһунан буоларын
кэпсээ.
БЫРДАХ ДА ТУҺАЛААХ
Бырдаҕы абааһы көрөбүт дии. Айылҕа кэрэтин буор-
тулууллар диибит. Суох! Кэрэ сайыны араас чыычаахтар
эгэлгэ ырыалара киэргэтэллэр. Кинилэр, сымыыт бат-
таан, кып-кыра оҕолору таһаараллар.
Ити чыычаахтар оҕолорун бастыҥ астара бырдах эбит.
Күөллэргэ, үрэхтэргэ балыктар үөскүүллэр дии. Кыра-
чаан балык оҕолоро эмиэ бырдаҕынан аһыыллар.
Бырдах суоҕа буоллар, балыктар, ырыа чыычаахтар
суох буолуо этилэр. Ол да иһин: «Айылҕаҕа туһата суох
диэн туох да суох», — дииллэр.
Дьэ, ити сахсырҕалар, күлүмэннэр, оҥоойулар — бары
чыычаах, балык аһылыктара буолаллар.
28