Page 33 - Саха тыла 5 кылаас
P. 33
Чыычаах тумсун соттор.
лн > лл: тулун + ар > туллар;
йн > йд: сайын + ар > сайдар.
68. Өрө дьүөрэлэһиигэ хоһулаһыы тахсарын болҕойон көр.
Ситэри оҥор.
Ыскаап + быт > ыскааппыт, сап, кулууп, тиит.
Ат + лар > аттар, от, үөт, кийиит.
Аан + та > аанна, отон, тиэргэн, үөн.
Атах + ҕа > атахха, олох, тирэх, өтөх.
Төттөрү дьүөрэлэһиигэ иккис бүтэй дорҕоон са-
быдыалынан инники бүтэй дорҕоон уларыйар.
Холобур: Турар + лар > турарлар > тураллар.
Таҕыс + ар > таҕ(ы)сар > таҕсар > тахсар.
69. Туохтуурдары элбэх ахсааҥҥа туруор уонна туох улары-
йыы тахсыбытын быһаар. Холобур: таһар + лар > таһар-
лар > таһаллар.
Турар хаамар ытар устар
ааҕар ойор ылар эргийэр
суруйар сүүрэр түһэр сүлэр
этэр сытар биэрэр эппиэттиир
Хардарыта дьүөрэлэһиигэ икки бүтэй дорҕоон
хардарыта дьайсан, иккиэн атын бүтэй дорҕооҥҥо
кубулуйаллар.
Холобур: ат + ҕа > атҕа > акка;
куорат + быт > куоратбыт > куораппыт.
33