Page 38 - Саха тыла 5 кылаас
P. 38
пп: хаппах, аппа, хоппо, сиппиир, сэлээппэ, эп-
пиэт;
кк: дьүккүөр, эккэлээ;
лл: дьэллик, оллоон, уллуҥ, үллэр, халлаан, ыл-
лам;
мм: таммах, Амма;
нн: анныкы, күннүк, иннэ, түннүк;
ннь: иринньэх, оонньоо, манньа, оҕонньор, сыгын-
ньах;
сс: дьаарысса, сарыысса;
тт: бэттэх, кытта, оттук, өттүк, сыттык;
хх: хаххан, соххор;
чч: аччыгый, боччум, бэгэччэк, куччугуй.
75. Кк, мм, ннь хоһулаһыы холобурдарын туһанан этии-
лэрдэ оҥор.
! Сыһыарыы сыстыытыгар үөскүүр хоһулаһыы үксэ дьүө-
рэлэһии сокуонунан үөскүүр.
Холобур:
ат + быт > аппыт тиит + лар > тииттэр
сап + быт > саппыт барбыт + лар > барбыттар
ат + ла > атта уот + лар > уоттар
үүт + та > үүттэ кэлбит + ҕа > кэлбиккэ
ат + ҕа > акка билин + эр > биллэр
көрбүт + ҕа > көрбүккэ сабылын + ар > сабыллар
суун + быт > сууммут
76. Үөһэ бэриллибит холобуру батыһан, ситэрэн суруй. Этии-
тэ оҥор.
Түүн + ҕа > ... суот + чыт > ...
атах + ҕа > ... от + лаа > ...
38