Page 40 - Саха тыла 5 кылаас
P. 40
ылбыт харчытынан Хабырыыска оскуолаҕа кэтэр таҥа-
һын-сабын, үөрэххэ наадалаах арааһын уонна биир
биричиинэй быһаҕы атыыласта.
(Амма Аччыгыйа)
Этиилэр ис хоһооннорунан маҥнайгы эрэ этиини
кытта сибээстээх, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох
буоллахтарына, кэккэлэһэр ситим дэнэр. Кэккэ-
лэһэр ситимҥэ 1-гы этииттэн ураты этиилэр миэстэ-
лэрин атастаһыннарыахха сөп. Онтон этэр санаа ис
хоһооно уларыйбат, өйдөнөр. Кэккэлэһэр ситим үксүн
ойуулааһыҥҥа туттуллар.
78. Тиэкиһи сөбүлээбит ньымаҕын туттан ситэр.
КЫҺЫН
Биһиги Сахабыт сирин кыһына олус уһун уонна тым-
ныы. Түүн наһаа уһуур, күн олус кылгыыр. Халыҥ хаар
40