Page 44 - Саха тыла 5 кылаас
P. 44
21 §. Саха тылын алпаабытын
устуоруйатыттан
Бастакы алпаабыты таҥара үөрэҕин кинигэтин тыл-
баастаары 1819 сыллаахха Георгий Попов нууччалыыга
олоҕуран оҥорбут.
Отто Николаевич Бётлингк 1951 сыллаахха тахсыбыт
«Сахалар тылларын туһунан» дьоһуннаах үлэтигэр 29 буу-
кубалаах алпаабытын киллэрбитэ. Үлэ ньиэмэстии ты-
лынан бэчээттэммит буолан, алпаабыт киэҥник тэнийбэ-
тэҕэ. Ол саҕана сахалыы сурук-бичик да суоҕа.
Саха бастакы алпаабытын 1917 сыллаахха Семён Ан-
дреевич Новгородов айбыта. Кини латыынныы бууку-
балары туһаммыта. Ол — сахалыы дорҕоону суруйарга
табыгастаах этэ. Кини алпаабыта тупсарыллан 1929 сыл-
лаахха диэри туттуллубута, саха дьоно үөрэх сырдыгын
көрөллөрүгэр көмөлөспүтэ. Сурук-бичик, үөрэхтээһин киэҥ-
ник тарҕаммыта.
Сити ситиһиигэ тирэҕирэн, 1939 сыллаахха нууччалыы
билигин тутта сылдьар алпаабыппыт бигэргээбитэ. Үөһэ
бэлиэтээбиппит курдук, «булкаас алпаабыт» сахалыы су-
рукка нууччалыы тыллары таба суруйууга суолу тэлэйби-
тэ. Таба суруйуу быраабылата онно холоон оҥоһуллара.
Билигин киирии тылы сахалыы көрүҥүнэн суруйуу
олохсуйан эрэр. Онно тоҕооһуннаран, сахалыы алпаабы-
ты тупсаран бигэргэтэр сорук баар.
84. Суруйааччылар айымньыларын алпаабыт бэрээдэ-
гинэн наардаа.
Суорун Омоллоон «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык»,
Анна Неустроева «Тиргэһиттэр», Николай Заболоц-
кай «Сайылыкка», Уйбаан Нуолур «Саллаат оҕото
44