Page 48 - Саха тыла 5 кылаас
P. 48
ЛИЭКСИКЭ
Саха тыла байҕал курдук бараммат.
Димитриан Попов
22 §. Лиэксикэ өйдөбүлэ
Кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ, сурукка-бичиккэ туттуллар
тыл барыта тыл баайа эбэтэр лиэксикэ дэнэр. Тө-
һөнөн элбэх биирдэм тыллаах да, ийэ тыл соччонон
баайынан ааҕыллар.
Тыл баайын лиэксикэлиэгийэ (лексикология) диэн
тыл үөрэҕин салаата анаан үөрэтэр. Бу салаа лиэк-
сикэ сүрүн боппуруостарын тиһик-систиэмэ быһыы-
тынан чинчийэр.
Наассыйа (нация) тылын өйдөбүлүгэр омук тылын
бары араҥата киирэр: кэпсэтии тыла, түөлбэ тыла
(диалект), литературнай тыл. Ол аата, саха киһитэ
итини — саха бүттүүн тылын барытын эбэтэр үгүс
өттүн билэр, кэпсэтэригэр, суруйарыгар туттар-туһа-
нар.
Кэпсэтии тыла диэн дьиэ эргин олоххо-дьаһахха
туттуллар судургу тылы-өһү ааттанар. Бу — ханнык
баҕарар тыл төрүтэ.
Түөлбэ тыла чопчу ханнык эмэ түөлбэҕэ (улууска)
олорор дьон өйдүүр, туттар тыллара буолар. Холо-
бур: муҥур (чыыр), ньаалаҕай (оҥоойу), дигдилээн
(далаһа), бытаһыт (кутуйах), дагда (күөрчэх).
Саха литературнай тылын бэчээккэ, араадьыйа-
ҕа, тэлэбиидэнньэҕэ, уус-уран литератураҕа, билимҥэ
(наукаҕа), араас тэрилтэҕэ тутталлар. Литературнай
тыл наассыйа тылын ордук тупсаҕай, нуормаламмыт,
чочуллубут үрдүк таһыма буолар. Манна күннээҕи
48