Page 50 - Саха тыла 5 кылаас
P. 50

ол иһин тылдьытын суолтата хаһан да сүппэт. Бочуот-
таах акадьыамык биһиги норуоппутугар оҥорбут сүҥкэн
өҥөтүн хаһан да умнуо суохтаахпыт.

         90. Араас тылдьыты туһанан, сорудаҕы толоруҥ.

    1. «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытынан»
бу тыллар суолталарын быһаар: киллэм, мандар, оллоон,
тирбэҕэ, угут, өркөн.

    2. Н.С. Григорьев «Саха тылын сомоҕо домоҕун тыл-
дьытын» туттан, сомоҕо тыллар суолталарын өйгөр ха-
тыырга кыһан. Киһи баара холлуо дуо. Суол үктээ. Суор
хараҕын сиэбит. Тиҥилэҕэ харааран хаалла. Түөһүн ох-
сунар. Уоспутунан үллэстиэҕиҥ.

    3. Таба суруйуу тылдьытынан сирдэтэн, тыллар таба
суруллууларын чуолкайдыыр наада. Далаһа — талаһа;
огурсуу — оҕурсу; эдьий — эдьиий; барыыһыкпын —
барыыһыбын; испииһэк — испиэһэк; сыһыыннан — сы-
һыынан, аргыый — оргууй.

         91. Ыйытыыга хоруйдааҥ уонна дьүүллэһиҥ.

    1. Лиэксикэ салаатыгар ордук тугу сэргээтиҥ, кэрэх-
сээтиҥ?

    2. Наассыйа тыла диэни хайдах өйдүүгүнүй?
    3. Саха бүттүүн тылыгар түөлбэ тыл киирэр дуу, киир-
бэт дуу? Тоҕотун тобулуохха.
    4. Саха литературнай тыла кэпсэтии тылыттан туох
уратылааҕый?
    5. Тылы билэргэ сэрэйэр дьоҕур туһалаах. Ол аата
тугуй?

         92. Түөлбэ тылыгар ким элбэх холобуру аҕаларыгар
                 күрэхтэһиҥ.

50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55