Page 47 - Саха тыла 5 кылаас
P. 47
ри түбүгүрэллэр. Үлүскэн үлэ үгэнигэр көрдөөх күлсүү
күөдьүйэр. Сааскы намыын салгыҥҥа дьоллоох тойук
дуорайталыыр.
Оҕо аймах онтон эмиэ хаалсыбат. Былдьаһыктаах күн-
нэри баттаһа үлүмнэһэн үүнээйи олордуһаллар.
(Мария Обутова—Эверстова)
Хатылааһын
1. Кылгас уонна уһун аһаҕас дорҕооннор тустарынан кэп-
сээҥ.
2. Уһун аһаҕас дорҕоон уонна дьуптуон туох атыннаахта-
рый, тугунан маарыннаһалларый?
3. Ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннору
хайдах араарабытый?
4. Пааралаһар бүтэй дорҕооннору этиҥ. Тоҕо пааралаһар
бүтэй дорҕооннор диэн ааттыылларый?
5. Диэрийэр бүтэй дорҕооннору кэпсээҥ.
6. Мурун бүтэй дорҕооннорун кэпсээҥ.
7. Ханнык бүтэй дорҕооннор хоһулаһалларый?
47