Page 46 - Саха тыла 5 кылаас
P. 46

Манна ускуопкаҕа сылдьар тылы ааптар этии-
       гэ киллэрбэтэх, ол да буоллар киһи сэрэйэн тута
       өйдүүр.

         87. Этии ахсын туохтуур ханнык бириэмэҕэ турарын
                 кэтээн көр. Биир эмэ этиигэ туохтууру бириэмэ-
                 тин уларыт, тиэкис ис хоһооно хайдах буоларын
                 болҕой, сыыһатын-сөбүн быһаар.

                                    МАҤНАЙГЫ ХААР

    Маҥнайгы хаар түспүтэ субу саҥардыы буолла. Сал-
гын хайдах эрэ сөрүүдүйбүт, бэрт сыттыын уларыйбыт.
Хаамтахха, сып-сымнаҕас хаар хаачыргыыр. Сир үрдэ,
дьиэлэр сарайдара, от-мас, киһи көрөрө барыта мап-
маҥан, сып-сымнаҕас уонна сабыс-саҥа курдук буолбут.
Ол иһин бэҕэһээҥҥитээҕэр бүгүн дьиэлэр хайдах эрэ
атын буолбуттар, уулусса банаара чаҕылхайдык умайар,
салгын эмиэ ырааһырбыт.

                                                                            (Антон Чехов)

         88. Тиэкиһи аах. Субуруччу уонна кэккэлэһэр сити-
                 минэн холбоммут этиилэри бул. Дакаастаа.

                              СААСКЫ СЭРГЭХСИЙИИ

    Биһиги бөһүөлэк уһугар олоробут. Хаар ууллан бүттэ.
Сааскы айылҕа тиллэн, күөх хампатын кэттэ. Кэрии тыа-
ҕа кэҕэ чоргуйар. Чыычаахтар эгэлгэ ырыаны тардаллар.

    Кыһын биһиги таспыт олус чуҥкуга. Киэҥ нэлэмэн
бааһынаттан сытыы тыал чыһыырара. Тибии тибэн бур-
ҕатара.

    Саас бааһынабыт быдан сэргэхсийдэ. Тыраахтардар
сир хорутан ньиргийэллэр. Оҕуруот үлэһиттэрэ түүннэ-

46
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51