Page 43 - Саха тыла 5 кылаас
P. 43
1) сойбут, сайын, хайдах. 2) ийэ (саҥарыллыыта
иньэ), тайах (таньах), тыйаах (тыньаах).
Уһун аһаҕас дорҕоону, дьуптуону бэлиэтиир икки
буукуба биир дорҕоон буолар. Холобур: хаар диэн
тыл түөрт буукубалаах, үс дорҕоонноох. Тыас — 4 б,
3 дорҕ. Оттон хоһуласпыт бүтэй дорҕоон сүһүөхтүүр-
гэ икки аҥыы арахсар, онон икки дорҕоон буолар.
Холобур: аппа диэн тыл 4 буукубалаах, 4 дорҕоон-
ноох. Ап — па = [ап] — [па].
81. Тыллар дорҕооннорун уонна буукубаларын ахсаа-
нын быһаарыҥ.
Собо, сордоҥ, сыалыһар, хатыыс, күөнэх, тэллэх,
суорҕан, сыттык, муннуктаах, туппуттар.
82. Алпаабыты билии туох туһалааҕын Билбэтчэйгэ
быһаар.
БИЛБЭТЧЭЙДИИН КЭПСЭТИИ
— Оо дьэ! Алпаабыты оттон бастакы кылаастан үөрэ-
тэн кэллибит дии!
— Ол эрээри баччааҥҥа диэри билбэккин буолбат дуо?!
— Һы! Мин буукубаны биллим да сөп. Буукуба турар
миэстэтин билэрим ол туохха нааданый?
— Бэҕэһээ тылдьыкка чаас аҥаарын устата биир тылы
көрдөөбүккүн умуннуҥ дуо?
83. Ирдэбили тутуһан дииктэр курдук аах. Туох са-
нааҕа кэлбиккин табаарыстаргар кэпсээ.
43