Page 41 - Саха тыла 5 кылаас
P. 41

сири-дойдуну бүрүйэр. Сотору-сотору күүстээх тыал,
буурҕа түһэр.

         79. Тиэкис этиилэрэ ханнык ситиминэн холбоспутта-
                рый? Быһаар.

                                            I
    Кырса тымныыттан харыстыыр муус маҥан уһун хойуу
түүлээх. Киэҥ туундараны кэрийэ сүүрэр түргэн атахтаах.
Кыра да тыаһы истэ охсор сэргэх, чөрөҥнөс кулгаахтаах.
Көтөрү-сүүрэри, саспыты-куоппуту булан көрөр кыраҕы
харахтаах. Хаар да анныгар сытары билэр сытымсах му-
руннаах.

                                                                (Николай Пестряков)
                                            II

                                   КҮӨРЭГЭЙ УЙАТА

    Саас буолбута. Күөх от үүммүтэ. Күөрэгэй кэлбитэ.
Кини күөрэйэ көтө-көтө ыллаабыта. Онтон күөрэгэй уйа
туттубута. Көмүс сымыыт уурбута. Сотору түөрт күөрэгэй
оҕото көстүбүтэ.

    Күөрэгэй оҕолорун олус таптыыра, көрөрө. Куруутун
ас таһан аһатара. Сотору уйа кураанах буолбута. Түөрт
кыра күөрэгэй көппүтэ.

                                                                   (Суорун Омоллоон)

         80. Өйгүттэн субуруччу уонна кэккэлэһэр ситимнээх
                 этиилэри толкуйдаан тиэкистэ суруй.

                                                                                                            41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46