Page 45 - Саха тыла 5 кылаас
P. 45

Чооруона», Николай Лугинов «Чыркымай», Сэмэн
       Тумат «Муора арыытыгар олох».

 85. Үөрэнээччи тугу сыыспытый?

    1. Халлаан — 7 буукуба, 5 дорҕоон баар.
    2. Суордаах — 8 буукуба баар: «эс», «у», «о», «эр»,
«дэ», «аа», «хы».

           Саҥа дорҕоонунан ырытыы холобура
    Дьиэлиир (7 буукуба, 5 дорҕоон):
    [дь] — бүтэй дорҕоон, ньиргиэрдээх, ханыылаһар;
    [иэ] — аһаҕас дорҕоон, дьуптуон, илин, айах, киэҥ;
    [л] — бүтэй дорҕоон, диэрийэр, ханыыласпат;
    [ии] — аһаҕас дорҕоон, уһун, илин, айах, кыараҕас;
    [р] — бүтэй дорҕоон, диэрийэр, паараласпат.

         86. Үөһэ бэриллибит холобурунан сирдэтэн ырыт.

    Тутааччы, суолбуттан, күүгүнэччи.

                         Ситимнээх саҥа

                            ТИЭКИСКЭ ЭТИИ СИТИМЭ

           Саха тылыгар үгүс түбэлтэҕэ этиини ситим-
       ниир тыл бастакы эрэ этиигэ баар буолар, оттон
       иккис этиигэ көтөр эрээри, киһи түргэнник сэ-
       рэйэр. Онон тыл үрүт-үөһэ хатыламмат буолан, тиэ-
       кис кэпсииргэ да, өйдүүргэ да судургу, чэпчэки буо-
       лар. Холобур: Биһиги кыра эрдэхпитинэ сааламмат
       этибит. Саа да аҕыйах быһыылааҕа. Биир эмэ (саа)
       баарын да иһин, киһини-сүөһүнү дэҥниэххит диэн,
       дьоммут көҥүллээбэт этилэр. (Тимофей Сметанин)

                                                                                                            45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50