Page 49 - Саха тыла 5 кылаас
P. 49

олоххо, кэпсэтии тылыгар сыыһа-халты туттуллар
       тыл-өс, түөлбэ тыла киирбэт.

           Тыл лиэксикэтэ норуот олоҕун-дьаһаҕын, устуору-
       йатын (историятын), өйүн-санаатын, култууратын ба-
       рытын көрдөрөр. Ол иһин үөрэхтээхтэр этэллэр:
       «Тыл — омук култууратын мэҥэ өйдөбүнньүгэ».

                                Тылдьыт

            Тыл суолтатын, таба суруллуутун, о.д.а. билээри
       араас тылдьыты туһанабыт. Холобур: быһаарыылаах
       тылдьыт, синиэньим (синоним), онтуоньум (антоним),
       омуоньум (омоним), сомоҕо домох тылдьыттара, тыл-
       баас тылдьыта, таба суруйуу (арпагыраапыйа) тыл-
       дьыта, о.д.а. бааллар.

            Тыл муҥура суох баай буолан, биир тылдьыкка тыл
       баайын барытын түмэр уустук. Улахан хас да туомнаах
       тылдьыттарга эрэ тыл баайын ордук толору көрдөрөл-
       лөр. Оннук уонтан тахса туомнаах быһаарыылаах тыл-
       дьыт саха тылыгар оҥоһулла сылдьар. Оттон Э.К. Пе-
       карскай «Словарь якутского языка» диэн 3 туомнаах
       үлэтэ саха тылын уруккутун толору соҕустук көрдөрөр.

 89. Болҕойон аах, тиэкискэ аатта биэр.

    Э.К. Пекарскай (омугунан поляк) Саха сиригэр 1881 с.
сыылкаҕа кэлэн, Таатта улууһугар уонна Дьокуускайга ба-
рыта 25 сыл кэриҥэ олорбута. Кини саха тылын, болку-
луорун, олоҕун-дьаһаҕын аһара дьаныһан үөрэппитэ. Ол
түмүгэр «Словарь якутского языка» диэн дьоһуннаах тыл-
дьыты оҥорбута. Ааптар бу тылдьытын 50-ча сыл суруй-
бута, 1907—1930 сс. Санкт-Петербурга бэчээттэппитэ.
Биллиилээх учуонай «саха норуота муҥура суох баай
тыллаах, тыл — норуот дууһата» диэн эппитэ. Кини саха
тылыгар норуот олоҕо бүтүннүү түмүллэрин көрдөрбүтэ,

                                                                                                            49
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54