Page 54 - Саха тыла 5 кылаас
P. 54

тан хаһан сии-сии, бурдук баһынатын кэтэҕинэн сылдьы-
быт, онтон биһи алааспыт атынан ааспыт. Сорох сиргэ
тохтоон, хар анытан быган турар талах лабаларын быһы-
та кэбийэн сир эбит.

                                                                   (Николай Якутскай)

    100. Саха тылын туһунан улуу дьон санаатын аах,
            кэпсэтис.

    Мин тылым — мин тохтор тойугум,
    Мин тылым — мин туойар хомуһум.
    Кэриэһим — кэннибэр хааларым,
    Кэхтибэт кэрэкэ тылларым.

                                                      (П.А. Ойуунускай)

    Төрөөбүт төрүт тыл
    Сөрүүн сүөгэй курдук,
    Сүрэҕи-быары сөрүүкэтэр,
    Убаҕас отон уутун курдук,
    Улахан куйааска
    Утаҕы ханнарар.

                               (Күндэ)

         101. Саха тылын туһунан Күннүк Уурастыырап санаа-
                 тын аах, тус санааҕын суруй.

    Биһиги ийэ тылбыт ... дууһаны долгутар, өйү үлүһү-
тэр күүстээх кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ-дьикти
тыл.

54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59