Page 57 - Саха тыла 5 кылаас
P. 57

106. Элбэх суолталаах тыл холобурун ким уһуннук сал-
                 гыыр эбитий?

    Бас: сылгы баһа, орон баһа, ...
    Эминньэх: оҕо эминньэҕэ, ...
    Тумус: чыычаах тумса, тыы тумса, ...
    Ситим: илим ситимэ, ...
    Санаа (аат): санаата хотор, ...

         107. Дьиэҕэ үлэ. Сир араас суолтатыгар биирдии этиитэ
                 айан суруй. Төрөппүттэргин көмөлөһүннэриэххин
                 сөп.

    Сир: быйаҥнаах сир, ...

            Элбэх суолталаах тыл лиэксикэлии суолтатын 1. 2.
       3. ... диэн нүөмэрдээн быһаарыллар. Тыл маҥнайгы
       төрүт суолтата урут этиллэр. Холобур: Ыраас-ыраас
       таҥас, ыраас санаа. Эминньэх — кураанах эмсэх, си-
       бэкки тэллэгэрэ, киһи кулгааҕын аллараа өттө.

         108. Биир уонна элбэх суолталаах тыллары тус-туспа
                 бөлөхтөө.

    Төбө, балык, көмүлүөк, айах; үҥкүүлээ, киир, сэһэргээ,
бар.

 109. Дьыктаан. Аатта биэр. Бэлиэтэммит тыллары быһаар.

    Өлүөскэ туруору сыыр хааһыгар турар. Киһи мэйиитэ
эргийиэх үрдүгэ. Аллара сыыр быарыгар көҕөрө үүммүт
мастар лабааларын үрэх диэки адаарыччы ууммуттар.
Оҕолор төннөн иһэн дьиктини көрдүлэр: били кэлэн иһэн
сүрэҕэлдьээн, дьиэтигэр төнүннэҕэ диэбит Өлүөскэлэрэ
үрдүк сыыр сирэйигэр, токуруйа үүммүт тиит лабааты-
гар ырбаахытыттан таҥнары ыйанан турар эбит. (Николай
Габышев)

                                                                                                            57
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62