Page 62 - Саха тыла 5 кылаас
P. 62

СҮБЭ

                               Ү÷үãýé äüàðûê
      Үãүñ îëîõñóéáóò õîһóéàð òûëû êèì áàҕàðàð өéүãýð õà-
  òûû ñûëäüàí òóòòàð êûàõòààõ. Êөñïүò ñóîëòàҕà îëîҕóðàí,
  êèһè áýéýòý õîһóéàð òûëû òîëêóéäóîí ñөï. Êèһè áóëóãàñ
  өéө, àéàð äüîҕóðà îíîí ýìèý áèëëýð, ñûàíàëàíàð. Îë
  èһèí îҕî ñààñòàí äüàðûêòàíàí, õîһîîí, êýïñýýí àéàðãà
  äüóëóһàð ү÷үãýéòýí àòûíû àҕàëáàò.

 115. Көспүт суолталаах тыллары туохтуур уонна даҕааһын
         аат диэн бөлөхтөө. Бэйэҥ эмиэ холобурда аҕал, этиитэ
         толкуйдаа.

    Санаам көтөҕүлүннэ, дириҥ өй, дууһаны таарыйар,
ыраас санаа, сытыы тыал, айылҕа утуйбут.

            Бэлиэтэммит тыл туттуллуута уратылаах дуо? Киһи
       эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар (өс хоһ.). Бу дьик-
       ти этиигэ эриэнэ туох оруоллааҕый?

           Барамайы, көстүүнү, хайааһыны атын туохха эмэ
       холоон, тэҥнээн хоһуйууну тэҥнээһин дэнэр. Бу ньы-
       ма тылы ордук уус-уран оҥорор. Күн курдук күлү-
       мүрдэс. Охтооҕор түргэнник. Оҕолуу үөрүнньэҥ.

         116. Сорудаҕы кичэйэн толор.

       I. Тиэкистэн тэҥнээһини булан, көннөрү этэртэн туох ураты-
         лааҕын быһаар.

    Дьыбардаах, дьэҥкэ сарсыарда. Хойдубут тымныы
салгын кымыстыы уймахтанар. Саҥардыы түспүт кыстык
хаар, куобах суорҕаны тиэрэ бырахпыт курдук мөлбөйөр.

62
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67