Page 63 - Саха тыла 5 кылаас
P. 63

Бөдөҥ көтөр куорсуннарын анньыталаабыт курдук сэдэх
эрбэһиннэргэ чооруостар көтөллөр. Кинилэр аһыырдаа-
ҕар көрүлүүллэрин ордорор быһыылаахтар. Халлыбыт тор-
ҕо күөх халлаан соҕуруулуу-илин, кытыыта ыыстыйбыт үүт
үрүмэтинии, сымнаҕастык тэтэрэн эрэр. (Амма Аччыгыйа)

       II. Тэҥнээһини туттан этиитэ толкуйдааҥ. Бэйэҕиттэн эмиэ хо-
          лобурда аҕал.

    Сир симэҕинии, курустаал таас курдук, кулуннаах биэ-
ҕэ дылы, киһи айаҕар киириэх курдук, куба маҥан, хаас
сымыытын саҕа.

           Барамайы, көстүүнү тас бэлиэтинэн (сыспай сиэл-
       лээх — сылгы, икки атахтаах — киһи, киһи аймах) эбэ-
       тэр атын барамайга майгыннатан, холуйан (сибэкки —
       кыыс, мохсоҕол — уол) хоһуйууну холооһун (мэтээ-
       пэрэ — метафора) дэнэр. Маннык ньыма тиэкиһи,
       саҥарар саҥаны чаҕылхай кырааскалыыр, ааҕааччы-
       га-истээччигэ быдан тиийимтиэ, этигэн оҥорор.

 117. Сорудаҕы болҕойон оҥор.

   I. Тиэкистэн холооһуну булан быһаар.

    Оҕолорун ууга саҥардыы киллэрбит улун кус үөскэ
чалбааттыы сылдьар. Улун умсан хаалар. Оҕолоро ки-
нини сүтэрэн, үрүҥ түү мээчик курдук тарҕаһа төкүнү-
һэллэр. Онтон ийэлэрэ, ойоҕолуу күөрэс гынаат, моон-
ньун уһатан, ыҥырардыы күөкэҥниир. Үрүҥ түү мээчик-
тэр саба сырсан тиийэн, көхсүгэр чөмөхтөһө түһэллэр.
(Амма Аччыгыйа)

Хаарыам! Хаарыаннаах      Эн туллуккун, Эн хопто-
Хатыыс маҥан хаарыам!  ҕун, Эн кынтайар кыталык-
                       кын, Эн кылбаарар кубаҕын!
                       (Бүөтүр Тобуруокап)

                       63
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68