Page 60 - Саха тыла 5 кылаас
P. 60

27 §. Тиэкискэ этиилэри
                ситимниир ньымалар

           Субуруччу ситимҥэ этиилэри ситимниир сүрүн
       ньымалар:

           1. Лиэксикэлии ньыма. Сүрүн дьоруой, хайаа-
       һын, кэпсэнэр барамай (предмет) аатын бэлиэтиир
       тылы хатылааһын, синиэньими, онтуоньуму туттуу.
       Холобур:

           Лааска икки ааттаах. Биир аата муҥур. Биирдэ
       муҥур хапхааны көрбүт. Кини мэниктээн, хапхаан
       иһигэр-таһыгар ойо сылдьыбыт. Ол сылдьан, алҕас
       хапхаан тылын таарыйбыт. Хапхаан, эмискэ эстэн,
       лас гына түспүт. Лаасканы кутуругун төрдүттэн ха-
       бан ылбыт. (Суорун Омоллоон)

           2. Кырамаатыкалыы ньыма. Солбуйар ааты
       туттуу:

           а) сүрүн дьоруой аатын оннугар — Вася — кини,
       Машалаах Ира — кинилэр, мин ийэбиниин — биһиги;

           б) барамай (предмет) бэлиэтин көрдөрөр тыл он-
       нугар — оннук, маннык, итинник;

           в) инники этиигэ этиллибит хайааһыны кытта си-
       тимнээри — ол, ону, ити курдук;

           г) кэпсэнэр миэстэни бэлиэтиир тыл оннугар —
       тыаҕа — онно, оскуолаҕа — манна.

           Ситим тылы туттуу: онтон, ол эрээри, ол кэннэ,
       ол иһин, ити кэнниттэн, ол кэнниттэн, онуоха, онтон
       ыла, ол саҕана, ол курдук, о.д.а.

         113. Ааҕыҥ. Икки этиини ситимниир ньыма арааһын
                 өйдөөн көрүҥ, хатыланар аат тыллар хайдах тут-
                 туллубуттарын ырытыҥ.

    Бэрт былыр куобах тииҥ курдук уһун кутуруктааҕа
үһү. Кутуруга наһаа хойуу эбит. Сайын кутуругунан сап-

60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65