Page 56 - Саха тыла 5 кылаас
P. 56

Сытыары: 1. Ойуурга олохсуйар кэрбээччилэр этэ-
рээттэрин биир бултанар көрүҥэ. 2. Оттонор сир. 3. Кы-
һыллыҥы өҥнөөх металл. 4. Хараҥа хоҥор өҥнөөх күндү
түүлээх кыра сиэмэх кыыл. 5. Үрдүк атахтаах, уһун моой-
доох хонуу-бадараан улахан көтөрө.

    Туруору: 1. Кэтириир тумустаах кус бииһин ууһа. 2. Су-
тукалаах үөт мас биир көрүҥэ. 3. Ат ырааппатын уонна
куоппатын туһугар атахха кэтэрдиллэр анал оҥоһуулаах
мас. 4. Бэйэ иннигэр туруорар сыал.

              25 §. Биир уонна элбэх
                  суолталаах тыллар

 104. Тыл лиэксикэлии суолтатын быһаар. Толкуйдуохха: биир
         эрэ быһаарыы тыл суолтатын куруук толору биэрэр дуо?

        Кыраһа, күн, хойут, хоһоон.

 105. Дьиэҕэ үлэ. Тыл диэн тыл суолтатын быһаарарга дьоҥ-
         ҥун көмөлөһүннэриэххин сөп.

           Төрүт эрэ суолтатынан туттуллар тыл биир суол-
       талаах дэнэр. Холобур: чороон, түптэ, ыаҕайа, алаас,
       өрүс, о.д.а.

           Тыл үксүгэр хас да суолталанар. Оннук туттуллар
       тылы элбэх суолталаах тыл дэнэр.

           Тыл элбэх суолталаныыта маҥнайгы төрүт суолта-
       тыгар олоҕуран, онно майгыннатан үөскүүр.

           X о л о б у р: Атах, аат тыл. 1. Тыынар тыыннаах
       хаамар лабаата. Атаҕым быччыҥын эрчийэбин. Атас
       туһугар атах тостор (өс хоһ.). 2. Дьиэ тэрилэ, тутуу
       уо.д.а. сиргэ тирэнэр өттө, чааһа. Остуол атаҕа. 3. Уу
       хонууга эбэтэр хонуу тыаҕа синньээн тахсар уһун уһу-
       га. Күөл атаҕа. Сыһыы атаҕа. 4. көсп. Туох эмэ куһа-
       ҕан, хаалар өттө. Бурдук атаҕа.

56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61