Page 58 - Саха тыла 5 кылаас
P. 58

110. Элбэх суолталаах тылы хото туттан, талбыт тиэмэҕэр
        айан суруйарга холон.

26 §. Тыл көнө уонна көспүт суолтата

    Бэлиэтэммит тыл суолтата саҥарар саҥаҕа хайдах
уларыйбытын кэтээн көр. Тыл маҥнайгы төрүт суолта-
та туохха олоҕуран уларыйда?

1. Саха сиригэр көмүһү   2. Уу-чукучук, оҕом,
хостууллар.              көмүһүм, турда дии.
1. Билигин да көмүс      2. Көмүс күһүн тиийэн

    Оҥоһук күндү ээ.                кэллэҕэ түргэнин!

    Тыл (язык) дьикти ураты көстүү буолар. Онон биир-
дэм тыл (слово) үөскээһининэн уонна туттуллуутунан
араастанар.

    Тыл бэйэтин анал суолтатыгар туттулларын көнө
суолта дэнэр. (Холобур: көмүс күндү металл быһыы-
тынан өйдөбүлэ, сылаас дьиэ, киһи кэтэҕэ).

    Тыл тус, анал суолтатын туохха эмэ тэҥнээн, кө-
һөрөн, атын тыл оннугар туттулларын көспүт суолта
дэнэр. (Инники холобурга тэҥнээ: көмүс күһүн, сы-
лаас сыһыан, кэтэх сүөһү.)

    Тыл көспүт суолтата хас да буолуон сөп. Төһө эл-
бэх тыл эгэлгэ көспүт суолталанар да, ийэ тыл соччо-
нон байар-тайар, ойуулуур-хоһуйар кыаҕа-кырааска-
та улаатар.

             Кытаанах    киһи
          (эттик: мас,   тыл
         тимир, о.д.а.)  санаа
                         кэм
58
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63