Page 55 - Саха тыла 5 кылаас
P. 55
24 §. Тыл лиэксикэлии суолтата
Тыл лиэксикэлии суолтатын быһаарыылаах тыл-
дьыкка суруйаллар. Тылдьыкка биир тыл туһунан
туох суруллара барыта тустаах тыл суолтатын уонна
туттуллуутун ыйар, сырдатар. Онуоха быһаарыы тыл
төрүт суолтатыттан саҕаланар. Элбэх суолталаах тыл
буоллаҕына, атын суолталара салгыы быһаарыллар.
Быһаарыылаах тылдьыкка тыл маннык бэрээдэ-
гинэн киирэр: (1) тыл бэйэтэ, (2) кырамаатыкалыы
суолтата, (3) лиэксикэлии суолтатын ис хоһооно, (4)
тыл туттуллуутун көрдөрөр холобур, этии бэриллэр.
Тыл тылдьыкка бэриллиитигэр холобур: (1) Ми-
чээрдээ, (2) т. (3) Саҥа таһаарбакка эрэ сирэй-
гин-хараххын, уоскун мичийэ күлэ тутун. (4) Сүөдэр
уотун одуулаһан мичээрдии олордо. (Амма Аччыгыйа)
102. Хас да тыл лиэксикэлии суолтатын тылдьыт киэнин
курдук быһааран суруй.
Холобур: т. — туохтуур, аат. — аат тыл.
Ньургуһун, уруттаа, уйгу, күөнэх, хаамп, уруйдаа, күдэ-
рик, борооску, төлөһүй, аҕас.
103. Тыллар лиэксикэлии суолталарын туһанан, таай-
бараҥы таайыҥ.
1 23 4
12
3
45
55