Page 59 - Саха тыла 5 кылаас
P. 59
111. Тыл көнө уонна көспүт суолтатын быһаарыҥ.
1. Күөх халлаан, күөх от, күөх сүрэх, күөх экирээн.
2. Кэлтэгэй хамыйах, кэлтэгэй ый, кэлтэгэй быһаарыы,
кэлтэгэй-кэлтэй кириитикэ. 3. Сырдык күн, сырдык кы-
лаас, сырдык санаа, сырдык өй. 4. Ууну аймаа, сүөһүнү
аймаа, үбү аймаа, дууһаны аймаа. 5. Оҕом күллэ-үөрдэ,
күн күллэ-үөрдэ. 6. Суор кыланна, сүрэҕим кыланна.
112. Бэлиэтэммит тыл көнө уонна көспүт суолтатын
быһаар. Билиигин чиҥэтэн, бэйэҕиттэн эмиэ этии-
нэн холобурдаа. Биир тыл лиэксикэлии суолтатын
тылдьыкка курдук быһааран эт.
Х о с б ы һ а а р ы ы: 1. Тыл көспүт суолтата тыл-
дьыкка бүттүүн тылга олохсуйбут буоллаҕына киирэр.
2. Тыл көспүт суолтата элбэх суолталаныыны көрдөрөр,
тылдьыкка көнө суолта кэнниттэн суруллар (көсп. диэн
бэлиэтэнэр).
1. Үҥкүүлээн дьиэрэҥкэйдээ. Таммахтар дьиэрэҥ-
кэйдээн көттүлэр. 2. Муора долгуна күүстээх. Олох
долгуна оннооҕор кутталлаах. 3. Эһэ арҕаҕа. Өстөөх
арҕаҕа. 4. Хайа үрдүгэр мохсоҕол олорор. Уолбут, мох-
соҕолбут, кэллэ. 5. Сыыры өрө дабайан таҕыста. Эдэр
дьон, үүнэн-сайдан, өрө дабайан истэхтэринэ, элбэҕи
ситиһиэхтэрэ. 6. Ыта өр күүтэн, эккэлээн көрүстэ. Киһи
киһиэхэ олус эккэлээбэккэ, судургутук сыһыаннаһара
ордук. 7. Таһырдьаттан киирдэххэ, оһох суоһа үчүгэйин!
Адьырҕа кыыл суоһа. 8. Ньургун спартакиадаҕа саамай
уһуну ыстанна. Оҕолор аһыы охсоот, оскуолаҕа ыстан-
нылар.
59