Page 64 - Саха тыла 5 кылаас
P. 64
Самналлыбыт балаҕаттар- Уон аҕыс хонукка утуйбат
га Сата буурҕа сааллыбыта. Уолуйары билбэт этэрээт.
Ойуур тыаҕа чаҕылҕан Уоту- Сибиниэс уот ардах уурай-
нан курбуулаабыта. бат, Сэллээбэт этиҥ эт да
эт. (Эллэй)
II. Холооһуну туттан, этиитэ толкуйдаа. Бэлэм холооһуҥҥа эбии
бэйэҕиттэн холобурдаа.
Көмүс хатырыктаах (балык), хороҕор муостаах (ынах),
сир симэҕэ (сибэкки), күөрэгэй (ырыаһыт), чыычаах (оҕо).
118. Холооһун таабырыны айарга былыргыттан биһирэ-
нэр. Бу ньыманан таабырынна таайсыҥ, булугас
өйгүтүн сытыылааҥ.
1. Ойуур устун дьэрэкээн таҥастаах оҕолор сырсал-
лар үһү. 2. Уот аһылыктаах, уу курдаах сыгынньах оҕо
баар үһү. 3. Сир анныгар итии болгуо сытар үһү. 4. Ийэтэ
иҥэрсийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт. 5. Ураҕас үөһэ
ойуу-бичик, ойбон үөһэ оҥоойук баар үһү.
Барамайы, көстүүнү уус-ураннык хоһуйар быһаа-
рыы эпиитэт дэнэр. Киэҥник туттуллар ньыма буо-
лар. Сорох эпиитэт, этэр-ойуулуур күүһэ биһирэнэн,
уостан түспэккэ, уларыйбакка, халбаҥнаабакка ха-
тыланар. Холобур: сандал саас, күөх сайын, көмүс
күһүн, кырыалаах кыһын.
119. Эриэккэс эпиитэккэ сорудах.
I. Тиэкистэн эпиитэти булан быһаар.
1. Кырыалаах тайҕа кыстыктаах,
Туруук дьааҥы дурдалаах,
64